Сэрэниц, чараас муус!
31.10.2016 11:15

Тымныы туьэн, бары ерускэ, куелгэ муус турар. Бу кэмцэ мууьунан туоруур олус сэрэхтээх. Ону ол диэбэккэ сылтан сыл сорох дьон чараас мууска тахса охсон, елер-тиллэр кутталыгар киирэллэр.

 

«Саха республикатын Быыьыыр сулууспата» ГКТ сэрэтэринэн биир киьи уктэнэригэр муус 7 см чараас буолуо суохтаах, оттон угус киьиэхэ анаммыт анал туорааьыннарга муус 15 см халыц буолуохтаах.

Муус халыца миэстэтиттэн атын-атын буолар. Урэхтэр силбэьэр сирдэринэн муус чарааьыыр. Сууруктээх, сир анныттан уу тыгар, элбэх уунээйилээх уонна сылаас уу, канализация ыытыллар сирдэринэн муус кэбириир. Хомурах хаар аннынаа5ы муус олох эрэлэ суох.

Муус туруга хайда5ын ецуттэн билиэххэ сеп: куех ецнеех – бе5ергеебут; уруц – икки тегул кэбирэх; болоорхой – сэрэхтээх.

 Ал5ас тымныы ууга тустэххинэ:

Ыгылыйыма, ере мехсумэ, уьуннук-киэцник тыын.

Илиигин икки ертугунэн далай уонна суурук устун уьаты буолан, муус кырыытыттан ицнэ сатаа.

Муус кырыытыгар туескунэн сэрэнэн анньан, бастаан биир атаххын, онтон иккискин уеьэ бырах.

Муус уйда5ына оргууй кытыы диэки сыылын эбэтэр текунуйэн биэр.

Бе5ете биллибитин быьыытынан, кэлбит сириц диэки бара сатаа.

 Иэдээн тахсан, Эн кемец эрэйиллэр тубэлтэтигэр:

Муус алдьаммыт сиригэр олус сэрэхтээхтик чугаьыыр, сыылан киирэр ордук.

Кеме5е иьэргин хаьыытаан биллэр, ууга туспуккэ ол санаатын бе5ергетуе.

3-4 метр хаалбытын кэннэ киниэхэ туох баарынан быаны, ура5аьы, хаптаьыны, моой былаатын уун.

Илиини уунар сэрэхтээх, алдьаммыт муус уйбакка, быыьыахтаа5ар, бэйэц ууга былдьаныаххын сеп.

Бу быраабылалары тутуьуу оьол тахсыытын а5ыйатыа уонна киьи оло5ун быыьыырга тирэх буолуо.

  

Быыьыыр сулууспа дежурнай чааьын нуемэрэ

(4112) 42-40-32.

 


( 0 Голосов )
 

Комментарии  

 
0 #1 Колымский ПСО 2016-11-01 16:32 А5арга наhаа ыарахан Цитировать
 

Добавить комментарий


Защитный код
Обновить

Последние новости

Дата публикации 12 Мая 2022, 19.24 Автор Administrator
2022-05-12-10-31-3612 мая 2022 г. в с.Ытык-Кюель личному составу Таттинского поисково-спасательного отряда ПСО и филиалу Татттинского ПСО с дислокацией в с. Чурапча ГБУ...
Дата публикации 12 Мая 2022, 17.37 Автор Administrator
2022-05-12-08-54-21В местности Ус Хатын сегодня состоялся I Слет добровольцев Республики Саха (Якутия), в мероприятиях которого приняли участие спасатели Службы спасения...
Дата публикации 12 Мая 2022, 10.22 Автор Administrator
---0800--12-Активная фаза ледохода на реке Лена проходит по территории Ленского района, нижняя кромка наблюдается в районе н.п. Батамай, а верхняя в 35 км выше...